Статистика
Онлайн всего: 1 Гостей: 1 Пользователей: 0
|
Каталог статей
Леснойга сэрии кыттыылаахтарыгар анаммыт обелиск
Иhинээ5итэ
1. Киириитэ
2. Санаторнай оскуола-интернакка улэлии сылдьыбыт сэрии кыттыылаахтарыгар анаммыт обелиск историята
3. Буойун-учууталИ.И.Яковлев биографията
4. Обелиска баар буойуннар……
5. Тумук
6. Туhаныллыбыт литература
1. Киириитэ
Билинни олоххо суолтата. Соторутаа5ыта Улуу Кыайыы 70 сылын бэлиэтээбиппит. Сэриигэ кыттыбыт ытык дьоммутун ахтан-санаан аастыбыт. Ол да буоллар, санаттан сана арыйыылар кун бугунугэр дылы биhигини куутэллэр. Биhиги оскуолабыт территориятыгар турар обелиск туhунан элбэх киhи ессе да билбэт буолуохтаах диэн санааттан, докладпыт темата улахан суолталаа5ын саарбахтаабаппыт.
Биhиги оскуола5а улэлээн ааспыт дьоннортон сэрии кыттыылаахтара эмиэ бааллар эбит. Кинилэр ааттарын уйэтитэргэ оскуола администрациятын, Яковлев Илья Ильич о5олорун, сиэннэрин ке5улээhиннэринэн оскуола таhыгар Илья Ильичка уонна бу оскуола5а улэлии сылдьыбыт сэрии кыттыылаахтарыгар анаан обелиск туруоруллубут.
Улэсыала:
1. Оноhуллубут памятник историятын хомуйуу, уерэтии;
2. Буойун-учуутал Яковлев И.И. олорбут оло5ун туhунан билии;
3. Обелиска баар дьоннор историяларын билии;
4. Обелиск туhунан дьонно-сэргэ5э тириэрдии.
Бу сыалы толорорго туруоруллар соруктар:
1. Илья Ильич о5ото Роман Ильич Яковлевтан обелиск хайдах тутуллубутун туhунан билии;
2. Оскуола урукку улэhиттэриттэн бу дьоннор олорбут олохторун ыйытан билии;
2. Санаторнай оскуола-интернакка улэлии сылдьыбыт сэрии кыттыылаахтарыгар анаммыт обелиск историята
Леснойга куhун аайы сана о5олор оскуола боруогун атыллаат, сынньаланна киэн хонууга кеччуйэ оонньуу тахсаллар. Онно уунэн турар мастарга чугас обелиск турарын се5е кереллер. Мин эмиэ 1 кылааска киирэрбэр наhаа дьиктиргии керер этим. Санаабар, киhи унуо5а диэн куттаммытым, ол иhин учууталбыттан Эльмира Егоровнаттан ыйыппытым. Кини миэхэ: «Бу оскуола5а улэлии сылдьыбыт сэрии кыттыылаахтарыгар анаммыт обелиск», диэбитэ. Онтон ессее диринник билиэххэ диэн уерэтэн керерге санаммыппыт.
Кыайыы 60 сылыгар директор Лидия Дмитриевна Михайлова: «Оскуола5а улэлии сылдьыбыт сэрии кыттыылаахтарыгар мемориальнай дуоска оноро5ут дуо?».- диэн эппит. Ону тутан ылан Яковлев И.И. сиэннэрэ кэнэтэн дуоска буолбакка оскуола территориятыгар обелиск, сэрии кыттыылаахтарыгар барыларыгар, туруорарга субэлэспиттэрэ.
Илья Ильич сиэнэ Бульчукей Софья Владимировна Игнатьев Владимир диэн архитектор идэлээх, Сунтаар оскуолатын 1967 сыллаах выпускнигар проект онорторбута.
Сиэнэ Яковлев Алексей Иванович – предприниматель, мраморнай дуосканы Дьокуускай куоракка онотторон а5алтарбыта.
Манна проегынан керен сварочнай улэтин А.Вензель онороругар, Яковлев Георгий Романович, Илья Ильич сиэнэ, кемелеспутэ.
Алларааны бетоннай основаниетын Яковлев Алексей Иванович, Яковлев Илья Романович, Яковлев Георгий Романович бетонкалаабыттар.
Бу памятник барыта 60.000 солкуобайга турбута. Убулээhинин Илья Ильич сиэннэрэ Бульчукей Софья Владимировна, Яковлев Алексей Иванович, Яковлев Илья Романович уйуммуттар.
Бу улэни иилээн-са5алаан ыыппыта Бульчукей Софья Владимировна, суурэн-кетен уол сиэннэрэ ата5ар туруорбуттара.
3.Буойун-учуутал И.И.Яковлев биографията
Илья Ильич Яковлев Олуехумэ5э ырыа5а-хоhоонно хоhуллубут Кыыллаах Арыыга 1920 сыллаахха тереебут. Онно 4 кылааhы бутэрбит. Кэлин дьонун кытары Сунтаарга кеhен кэлбитэ. Уерэ5эр учугэйэтэ.
1940 сыллаахха тохсунньуга финнэри утары сэрии бара турда5ына, Илья Яковлев бэйэтин ба5а еттунэн Кыhыл армия5а тылланан барар. Ол курдук, 150 киhилээхдобровольческай этэрээти Новосибирскайга ыыталлар. Кулун тутарга сэрии бутэн хаалар. Хайыhар батальонуттан орто уерэхтээхтэрин талан военнай училищеларга ыыталлар. Илья Новосибирскайдаа5ы пехотнай училище5а тубэhэр. 1941 сыллаахха училищетын бутэрэн офицер буолар. Москватаа5ы байыаннай уокурук дьаhалыгартубэhэр. Онно сылдьан кини ус эппиэттээх соруда5ы толорбута. Фронна барар чаастары атаарыы улахан эппиэттээх да5аны, кутталлаах да5аны сорудах этэ. Немецтэр кунустэри-тууннэри тохтоло суох буомбалаан мэhэйдэhэ сатыыллара. Ол курдук, Илья Яковлев аатырбыт латышскай дивизияны атаарсыбыта. Иккис тубэлтэ Ленинград диэки этэ. Эшелон начальнига буолан 3-с гвардейскай корпуhу илпитэ. Икки тегул буомбалааhынна тубэспиттэрэ, сутукк ыралаан да буоллар, тахсыбыта. Ол да буоллар, байыаннай чаас аналлаах сиригэр тиэрдиллибитэ. Муус устар ыйга 15 гвардейскай корпуhу теhе да ириэрии буолан суол алдьаннар, тиийиэхтээх сиригэр тиэрдибиттэрэ. Ити эшелонун кытары кини фронна разведчиктар роталарын командирынан хаалбыта. Биир улахан суолталаах урдэли теттеру сэриилээн ылыыга ыам ыйын 7 кунугэр Илья Ильич бааhырбыта. Эмтэнэн утуерэн баран 1942 сыллаахха куhун Сталинград аннынаа5ы кырыктаах кыргыhыыга тубэспитэ. Онно Волга5а тахсыбыт немецтэр бронированнай чаастарын утары хаан тохтуулаах киирсиигэ Илья Ильич улаханнык бааhырбыта.
Ор эмтэнэн утуерэн 1944 сыллаахха госпитальтан тахсан баран тереебут Сахатын сиригэр эргиллибитэ. Хорсун офицер бойобуой утуелэрин иhин Кыhыл Сулус орденынан, биэс мэтээлинэн на5араадаламмыта.
Дойдутугар эргиллэн кэлэн 1948 сыллаахха пединститут историческай факультетын битэрбитэ.
Уерэ5ин бутэрэн кэлээт Илья Ильич бастакы сылларыгар Сунтаар уонна Сиэйэ оскуолаларыгардиректордаабыта. Кэлин Сунтаарга ыччат киэhээни оскуолатыгар директордаабыта, санаторнай-лесной оскуола5а иитээччинэн, завуhунан, директорынан оло5ун бутэhик сылларыгар диэри улэлээбитэ.
Сэриигэ тынатыгар ылбыт бааhа сэтэрийэн ыарытыйан чэпчэки со5ус улэ5э уонна бара эрэ 54 сааhыгар ыарахан ыарыыттан елбутэ. Ол да буоллар Илья Ильич хорсун буойун да, талааннаах педагог да, дьоhуннаах киhи да быhыытынан дьонно-сэргэ5э учугэй ейдебулу, дирин ытыктабылы, киэн туттуу чувствотын хаалларбыт киhи буолар. Сэрииттэн Кыhыл Сулус орденнаах, «Москва оборонатын иhин», «Сталинград оборонатын иhин» медаллардаах эргиллибитэ. Оттон эйэлээх улэ5э ситиhиилэрин иhин Саха АССР оскуолаларын Утуелээх учуутала, «Оройуон Бочуоттаах гражданина» урдук ааттарын, «Килбиэннээх улэтин иhин» медалларынан на5араадаламмыта.
Кини 4 о5о тапталлаах а5ата, элбэх сиэн тапталлаах эhэтэ этэ. Кэргэнэ Жирохова Зоя Федоровна РСФСР утуелээхучуутала.
Сити курдук ча5ылхай оло5у олорон ааспыт киhи буолар Илья Ильич Яковлев, сэрии, улэ ветерана, коммунист.
4. Обелиска баар буойуннар
1.Степанов Василий Федулович – лейтенант.
1918с тереебут, учуутал.
1941с тылланан сэриигэ барбыт. Муоста тутар техник уонна минёр буолбут. Харьковтан Будапештка тиийэ сэриилэспит.
80 киhилээх дозорнай мотоциклистар муостаны толорбуттарын кэннэ улту тэптэрбиттэр. Уопсайа 9 бойобуой мэтээллээх.
1947с дойдутугар теннер.
Василий Федулович 3 уоллаах: Федя, Василий, Николай.
2. Лукин Пётр Алексеевич –
А5а дойду сэриитин ветерана, Сунтаар сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтоо5о, улэ ветерана.
1927с Хаданна Ньыла5а тереебутэ.
А5ата Алексей Архипович уолун кыра эрдэ5иттэн улэ5э, бултка уерэппитэ. А5ата 93 сааhыгар дылы олорбут.
Улаатан баран Кэмпэндээйи туус собуотугар улэлээбит.
1941-1945сс ВладивостоккаТихоокеанскай флотка моряктаабыт, Япония сэриитигэр сылдьыбыт. Элбэх мэтээллэрдээх.
10 о5о амарах а5ата.
3.Семёнов Ефрем Николаевич –
Сэрии, улэ ветерана, А5а дойдуну кемускуур сэрии I степеннээх орденнаах, «Хорсунун иhин» уонна 8 бойобуой медаллар кавалердара.
1941с ынырыллыбыт. 1943с тимир суолун босхолооhунун сэриитигэр сылдьыбыт. Монголия5а, Белгородскай уобаласка байыаннай бэлэмнэниилэргэ сылдьыбыт.
1944с улаханнык бааhырбыт. Онон доруобуйата эмсэ5элээн дойдутугар теннубут.
Илимнииргэ биригэдьииринэн, кладовщигынан, онтон лесной оскуола5а улэлээбит.
4.Егоров Софрон Дмитриевич.
Японияны кытта сэриигэ, Монголия5а сулууспалаабыт. Кини танковай рота5а автоматчик эбит. Устуу-туертуу хонуктаах уута да, аhылыга да суох кумах куйаа рдойдуга атаакалаан японецтары кыайбыттар.
5.Тумук
Бу улэни толорорбор элбэх сананы, интэриэhинэйи биллим:
1. Биhиги оскуола5а сэриигэ сылдьыбыт дьон эмиэ улэлии сылдьыбыттар;
2. Олортон Яковлев И.И. олорон ааспыт ча5ылхай оло5ун туhунан;
3. Обелиск хайдах баар буолбутун;
4. Обелиска баар буойуннар сэриилэспит сирдэрин;
5. Оскуола5а бу обелиск туhунан дааннайдар ессе да суохтар эбит. |
Категория: Мои статьи | Добавил: ivanna_kobyakova (2017-04-04)
|
Просмотров: 523
| Рейтинг: 0.0/0 |
|
|